Өскөтүн туох эмэ сарсын дуу, өйүүн дуу, эһиил эбэтэр хас эмэ сылынан буолаары турарын этиэхпитин баҕарар буоллахпытына, биһиги аангылыйа тылыгар Future simple (кэлэр кэм) диэн бириэмэни туһанабыт.
Future simple – олус судургу формулалаах
Сирэй солбуйар ааттар + will + туохтуур
Өйдөө: will кэннэ турар туохтуур уларыйбат
Аангылыйа тылыгар сирэй солбуйар ааттар маннык буолаллар:
I (ай) – мин
You (ю:) – эн
He (хи) – кини (уолу этэргэ)
She (ши) – кини (кыыһы этэргэ)
It (ит) – кини (эттиги ааттыырга)
We (ви:) – биһиги
You – эһиги
They (зэй) – кинилэр
Холобур, “Мин оҥоруоҕум” диэн этиини Future simple (кэлэр кэмҥэ) туруоруоҕуҥ:
“Мин оҥоруоҕум” этии |
Кылгатыллыбыт этии. Үксүгэр аангылыйалар will диэн кэлэр кэм бэлиэтин кылгатан ‘ll диэн суруйаллар, оччоҕо этиибит маннык буолар: |
I You He She + will do (to do – оҥор) It We You They |
I’ll do – мин оҥоруоҕум You’ll do – эн оҥоруоҕуҥ He’ll do – кини оҥоруоҕа She’ll do – кини оҥоруоҕа It’ll do – кини оҥоруоҕа We’ll do – биһиги оҥоруохпут You’ll do – эһиги оҥоруоххут They’ll do – кинилэр оҥоруохтара |
Өскөтүн тугу эмэ утаран этэр (отрицание) буоллахпытына, will кэннэ not диэн утарар тылы туруорабыт:
Will + not (утарар тыл) = won’t (кылгатыыта)
“Мин оҥоруом суоҕа” этии |
Кылгатыллыбыт этии |
I You He She + will not do It We You They |
I won’t You won’t He won’t She won’t It won’t We won’t You won’t They won’t |
Ыйытыыга will хайаан да сирэй солбуйар аат иннигэр турар.
Холобур, “Мин оҥоруом дуо?”
Will I do? – мин оҥоруом дуо?
Will you do? – эн оҥоруоҥ дуо?
Will he do? – кини оҥоруо дуо?
Will she do? – кини оҥоруо дуо?
Will it do? – кини оҥоруо дуо?
Will we do? – биһиги оҥоруохпут дуо?
Will you do? – эһиги оҥоруоххут дуо?
Will they do? – кинилэр оҥоруохтара дуо?
Tasks/Сорудахтар
Үөрэппит быраабыланы туһанан этиилэри ситэрэн биэр.
Task 1
- ... you write this letter tomorrow?
- Kate … not read books next week.
- … he come to school in two days?
- … they drink coffee tomorrow?
- I’m sure he … not like tomato juice.
- … they help their mother next month?
- … you go to school next year?
Task 2
Этиилэри сахалыы тылбаастаа.
1.
2.
3.
4.
5.
6.
7.
Бэйэҕин бэрэбиэркэлэн:
Task 1.
- will you. 2. Kate will. 3. will he. 4. will they. 5. he will. 6. will they. 7. will you.